«Өлүөнэ остуолбалара» айылҕа паарката тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир. Бэлиэ күнүнэн өрөспүүүлүкэ олохтоохторун Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлиир.
Өлүөнэ остуолбалара Саха сирин хас биирдии олохтооҕор ытык сиринэн буолар. Тыһыынчанан дьон ытык сир чыпчаалыгар тахсан, Өлүөнэ өрүс кэрэтин, улуутун үөһэттэн көрбүт буолуохтаах.
«Үйэ чиэппэрэ кэм иһигэр айылҕа пааркатын сайыннарыыга, харыстааһыҥҥа дьоһун үлэ барда. Өлүөнэ остуолбалара ЮНЕСКО аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин ахсааныгар киирбитэ, туристары тардар сыалтан табыгастаах маршруттар оҥоһулуннулар, аҕыйах кэмтэн бэттэх Өлүнэ очуостарыгар кыһыннары сылдьыахха сөп буолла«, — диир Ил Дархан.
«Саха сиригэр туризмы сайыннаары Өлүөнэ очуостарын кытары быһаачы ситимнээх. Бүгүн биһиги «Лена» туристическай кластеры олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлэһэр соруктаахпыт. Өлүөнэ очуостара паарка кэҥиэ, туристар ахсааннара биллэ элбиэ«, — диир Асйен Николаев.
Ил Дархан паарка үлэһиттэригэр научнай, харыстыыр үлэлэрин иһин махталын тиэрдэр. Өлүөнэ очуостарын кэрэтэ үйэлэргэ кээһэммэккэ, кэнэҕэски көлүөнэлэргэ тиксэ турарыгар баҕарда.
This post was published on 27.08.2020 16:07 16:07