Өлүөнэ мууһа Пеледуйга тиийдэ

Пеледуй таһынан уу таһыма 530 см тиийдэ. Муус хойуутук устар. Оттон бүгүн Тээнэ өрүс мууһа хамсаата.  Алдан өрүскэ муус үрдүнэн уу тахсан, сорох сирдэринэн муус хараарбыт. Томмот – Элдьикээн хайысхатынан муус ыам ыйын 8 – 11 күнэригэр эстэрэ сабаҕаланар.

Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Амма өрүскэ муус үрдүнэн уу тахсыбыт. Амма – Төрүт учаастагынан муус ыам ыйын 7 – 11 күннэригэр устар чинчилээх.

Бүлүү өрүс Сунтаар – Ньурба хайысхатынан ыам ыйын 12 – 13 күннэригэр устуоҕун билгэлииллэр.

Каартаны Гидромет сайтыттан, оттон хаартысканы  ЫБММ управлениетын  сайтыттан ыллыбыт.

Биһ. корр., edersaas.ru

This post was published on 03.05.2018 14:47 14:47