Өлүөнэ мууһа Ленскэй — Өлүөхүмэ хайысхатынан ыам ыйын 13-14 күннэригэр хамсыаҕа

Күнү-дьылы билгэлээччилэр Саха сиринээҕи сулууспаларын сабаҕалааһыннарынан, Ленскэй — Өлүөхүмэ хайысхатынан Өлүөнэ мууһа ыам ыйын 13-14 күннэригэр хамсыаҕа.


Быйыл өрүстэр муустара устууларыгар өтөрүнэн буолбатах дьикти балаһыанньа үөскээтэ. Билигин Ленскэй аннынан муус уста илик. Онон күнү-дьылы билгэлээччилэр саҥа сабаҕалааһыннары оҥордулар.

Оттон өрөспүүбүлүкэ атын өрүстэринэн көрдөххө, Алдан өрүс Томмот аннынан ыам ыйын 12-14, Бүлүү өрүс Сунтаарынан ыам ыйын 12, Дьааҥы өрүс Верхоянскай гидропоһунан ыам ыйын 21, Халыма өрүс Зырянканан бу ый 16, Индигир Уус Ньаранан ыам ыйын 20 күннэригэр хамсыаҕа.

edersaas.ru

This post was published on 11.05.2017 14:16 14:16