Иркутскай уобаласка Өлүөнэ өрүс мууһа номнуо хамсаан, муус устар 19 күнүнээҕи туругунан, Верхоленскайга тиийдэ. Сабаҕалааһын быһыытынан, Саха сирин кыраныыссатыгар бу ый бүтүүтэ муус хамсыыр чинчилээх.
Иркутскай уобалаһын интернет-сайтара суруйалларынан, Саха өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар диэри өссө даҕаны 1224 килэмиэтир хаалбыт.
Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччыны солбуйааччы Мирон Эртюков бырабыыталыстыбаҕа ыытыллыбыт сүбэ мунньахха иһитиннэрбитинэн, халаан утары үлэни ыытыы чэрчитинэн, Өлүөнэ, Алдан, Халыма, Амма, Нүүйэ, Токко өрүстэригэр 68 учаастакка 444,2 гектар сири хараардыбыттар уонна 10 учаастакка 38,0 килэмиэтир сири эрбээбиттэр.
Урут суруйан аһарбыппыт курдук, Өлүөнэ мууһа Өлүөхүмэҕэ ыам ыйын 7, Покровскайга – 11, оттон Дьокуускай куорат аннынан 12 күннэригэр ааһыаҕын күнү-дьылы билгэлээччилэр сабаҕалыыллар.