Өлүөнэ мууһа Хаҥалас Үөдэйин аннынан хойуутук устар

Өлүөнэ мууһа Хаҥалас улууһун Үөдэйин аннынан хойуутук устар.


Покровскай куорат аннынан муус хамсаабыта бэлиэтэнэр. Бу туһунан Суһал көмө сулууспата иһитиннэрэр.
Алдан өрүс көмүөлэ Томмотунан ааһар, уу таһыма — 515 см (кутталлаах таһым — 820 см).
Амма өрүс мууһа Чурапчы Мырылатынан хойуутук устар, уу таһыма — «0»-тан аллараа.
Бүлүү өрүс мууһа Ньурба куораттан 50 км аллараа устар, уу таһыма — 927 (кутталлаах таһым — 1250 см), суруйар edersaas.ru

This post was published on 09.05.2020 12:09 12:09