Өлүөнэ муостатын тутуутун хонтуруоллуур сокуон бырайыага оҥоһуллуоҕа

Бырабыыталыстыба чааһын кэмигэр депутаттар Өлүөнэ эбэни туоруур муоста концессионнай сөбүлэҥин олоххо киллэрии туһунан иһиттилэр. Спикер Петр Гоголев парламент өттүттэн хонтуруол бэрээдэгин олохтуур сыалтан сокуон барыла наадатын эттэ. 


«Бүгүн этиллибит иһитиннэрии толорутук бэриллибитигэр эрэллээхпин. Биһиги ону өйдүөх, ылыныах уонна тэҥҥэ үлэлиэх кэриҥнээхпит», — диэн эттэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев. 

Спикер итини миниистирдэр кабинеттарын баһылыга Владимир Солодов иһитиннэриитин кэннэ эттэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Саха сирин бөдөҥтутуутун ыытыга түһэрсиллибит концессионнай сөбүлэҥ халбархай сыһыан таһаарыллыбатыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ куттал суоһаабатыгар уонна сүрүн бырайыак олоххо киириитэ түргэтииригэр оҥоһуллубутун эттэ.

Петр Гоголев ити эрээри итэҕэс баарын бэлиэтээтэ: өрөспүүбүлүкэҕэ концессионнай сөбүлэҥи түһэрсиигэ чуолкай хайысхаларынан араарыы суох.  Ол иһин Ил Түмэн тустаах кэмитиэтигэр, РФ атын субъектарын уопуттарын учуоттаан туран, сокуон барылын бэлэмнииргэ эттэ.

«Сокуон бырайыагын биһиги толорор былааһы кытта тэҥҥэ оҥоруохпут. Докумуон парламент муостаны тутууга хонтуруолу ыытыыга кыттыытыгар уонна концессионнай сөбүлэҥ туолуутугар чуолкайдааһыннары оҥороругар эрэллээхпин», — диэтэ спикер.

This post was published on 26.02.2020 09:22 09:22