РФ президенэ Владимир Путин бырабыыталыстыба чилиэттэрин кытта мунньаҕар, вице-премьер Марат Хуснуллин эппитинэн, Өлүөнэ муостатын тутууга 130 млрд солк ыытыахтара.
«Өлүөнэ муостатын тутууну оптимизациялаатыбыт. Регион, Үп министиэристибэтэ уонна концессионер ардыларыгар үллэрилиннэ. Быһаарыллыбыт суума 130 млрд солк, бу биэс сылга. Сыана 220 млрд солк саҕаламмыта. Муостаны тутуохха наада, бырайыактааһын бара турар», — диэтэ Марат Хуснуллин, Путин ыйытыытыгар хоруйдаан.
This post was published on 18.01.2024 10:01 10:01