Бүгүн, алтынньы 17 күнэ, Саха сирин устуоруйатыгар хаалар биир бэлиэ, долгутуулаах күн үүннэ. Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Баараҕай тутуу бастакы сыбаайатын түһэрии үгэс быһыытынан алгыһынан саҕаланна. Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтин тиэртэ:
«Бүгүн Өлүөнэ муостатын тутуута саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин өйөбүлүнэн бүгүн муостабыт тутуута саҕаланна. Өлүөнэ муостата аан дойдуга суох уустук бырайыак. Бу сүдү инженернай тутуу уонунан сылларга кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар сулууспалыаҕа диэн эрэнэбин. Маннык тыйыс усулуобуйалаах дойдуга улахан муоста тутуллубута диэн ханна даҕаны суох. Онон бу бырайыакка олус улахан болҕомто ууруллар, хонтуруол даҕаны күүскэ барыа. Өлүөнэ муостатын тутуу сүрүн сорукпут. Бу баараҕай бырайыак хамсаабыта бүттүүн Сахабыт сирин улахан ситиһиитинэн буолар», — диэтэ Айсен Николаев.
Оттон «ВИС» бөлөх дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Ромашов бүгүҥҥү күн устуоруйаҕа киириэҕэ диэтэ.
«Бүгүн муоста сыбаайатын түһэрии, кырдьык, историяҕа киирэр. Сүдү инженернэй тутууну Саха сирин курдук тыйыс, ирбэт тоҥноох усулуобуйалаах сиргэ өссө ким да тута илик. Бу ураты эбийиэк. Муостаны тутуу икки кытылы эрэ холбооһун буолбатах — бу өрүс икки өттүгэр дьону, кинилэр олохторун-дьаһахтарын ситимнээһин буолар. Дьон ханнык баҕарар кэмҥэ, дьыл уларыйыытыттан тутулуга суох айанныыр кыахтаныахтара. Таһаҕас тиэйиитэ-таһыыта, дьон олоҕун таһыма тупсуо. Бу хас эмэ көлүөнэ дьон баҕа санааларын туолуута. Биһиги бөлөхпүт улахан эппиэтинэһи сүгэрбитин өйдүүбүт уонна муоста тутулларыгар туох баар күүспүтүн-уохпутун ууруохпут», — диэтэ Сергей Ромашов.
Өлүөнэ муостатын тутуу дьиҥнээх историческай түгэнинэн буолар. Бүгүн муоста бастакы сыбаайатын түһүүтэ саха дьонугар бүттүүнүгэр да долгутуулаах. Хас эмэ көлүөнэ тухары илин эҥээр уонна уопсайынан, Өлүөнү өрүһү туоруур дьон ыра оҥостубут баҕа санаалара олоххо киирэн эрэрэ ураты түгэн. Санатан эттэххэ, Өлүөнэ муостатын тутуу бастакы докумуона, дьиҥэ, 1986 с. оҥоһуллубута. Ол эрээри ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүтэ дойду ыһыллан-тоҕуллан эрэр буолан, үбүлээһин да, тутуу да туһунан кыаллыбатаҕа. Киин куорат хас да ый устата салгынынан эрэ сибээстээх хаалар. Сотору паром сырыыта тохтоото даҕаны, сүүһүнэн тыһыынча киһи эмиэ икки кытылга хаайтаран айманыахтара турдаҕа.
Бу сүдү тутуу экэнэмиичэскэй сабыдыала улахан, таһаҕас тиэйиитин ороскуотун кыччатарын таһынан, саҥа салаалар сайдалларыгар кыаҕы биэриэ. Бу Бэрэсидьиэн сорудаҕын толорорго, Халыма уонна Бүлүү айан суолларынан сылы эргиччи сырыыны хаччыйыыны, ону тэҥэ хотугулуу-илиҥҥи тырааныспар көрүдүөрүн уонна «Хоту-Соҕуруу» саҥа трансконтинентальнай көрүдүөрү аһарага кыаҕы биэриэҕэ.
Сайаана Львова, Саха сирэ