Олунньуга Өлүөнэ муостатын тутуу үлэтэ саҕаланыаҕа. Ол туһунан регион суолга миниистирэ Владимир Сивцев эттэ.
«Өлүөнэ эбэ хаҥас биэрэгэр тутааччылар олорор баахтабай бөһүөлэктэрин былаһааккатын, маны сэргэ баазаны, тимир конструкцияны таҥар сыаҕы бэлэмнээһини саҕалыырга тутааччылар бэлэмнэр. Улахан тымныылар аастахтарына үлэ саҕаланыаҕа — ол эбэтэр олунньуга», – диэтэ Владимир Сивцев.
Кыраапык быһыытынан, быйыл Табаҕа боротуохатынан технологическай муостаны тутууну саҕалыыр былааннаахтар, салгыы тирээбиллэр олохторун оҥорууга бэлэмниир үлэлэр барыахтара. Уҥа биэрэккэ оробуочайдар олорор былаһааккалара уонна матырыйаалы уурар миэстэ бэлэмнэниэҕэ.
This post was published on 18.01.2024 14:31 14:31