Өлүөнэ муостатын тутуу дирекциятыгар уопсастыбаннай сэбиэт тэриллиэҕэ

Өлүөнэ муостатын тутуу дирекциятыгар интэриэстээх тэрилтэлэри түмэргэ сорук туруорулунна. Бу туһунан НКИК «Саха», «Якутия 24» телеханаалларынан уонна «Тэтим» араадьыйанан бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы  э.т. Дмитрий Бердников эттэ, суруйар СИА.


«Дирекция – салайар уорган, элбэх эбээһинэһи ылынар. Эбийиэк тутуутугар интэриэстээх министиэристибэлэри, тэрилтэлэри түмэр. Хонтуруоллуур хайысхалаах. Эбийиэк тутуутугар биэдэмистибэлэри кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ улахан эппиэтинэстээх», — диэтэ Дмитрий Бердников.

Салайааччы быһаарбытынан, дирекцияҕа уопсастыбаннай сэбиэт тэриллиэҕэ.

«Үтүөлээх дьон сэбиэттэрэ буолуоҕа — ыарахан усулуобуйаҕа суолу тутууга кыттыыны ылбыттар киириэхтэрэ. Үлэ элбэх буолуоҕа. Олус сиэрдээх уорган быһыытынан билиниллиэҕэ», — диэтэ кини.

This post was published on 11.02.2021 10:01 10:01