Ил Дархан Айсен Николаев муостаны тутууга сыһыаннаах үлэ былаан быһыытынан баран иһэрин «Якутия, вперед!» биэриигэ кэпсээтэ.
«Өлүөнэ муостатын тутууга үп РФ судаарыстыбаннай бырагыраамаларыттан көрүлүннэ. Ону тэҥэ, үс сыллааҕы федеральнай бүддьүөккэ эмиэ киирдэ. Онон федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнарыгар сорук биир — 2024 сылтан сүүнэ муостаны тутуу саҕаланар. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 7 күнүнээҕи сорудаҕынан муоста 2028 сылга тутуллан үлэҕэ киириэҕэ», — диэн эттэ.
Санатар буоллахха, Өлүөнэ сүүнэ муостата Саха сирэ инвестиционнай кыаҕа улаатарыгар улахан көдьүүстээх буолар. Быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр муоста тутуутун бырайыактыыр-сметалыыр докумуона РФ Кылаабынай эспэртиисэлиир тэрилтэтин сөбүлэҥин ааспыта, суруйда «Саха сирэ» сайт.
This post was published on 01.12.2023 12:01 12:01