Учуонайдар Өлүөнэ муостата тутуллар сиригэр харыстыыр-быыһыыр хаһыылары оҥоруохтара. Булуллубут артефакттар, ол иһигэр саха туой иһитин үлтүркэйдэрэ уонна кутуллубут тимир оҥоһуктара, РФ музейын пуондатыгар туттарыахтара. Барыллаан манна тимир ууһун былаһаакката баар буолуохтаах, Витус Беринг Тамгинскай собуотугар сыһыаннаах.
Маны сэргэ Огдороҥҥо бастакы саха олоҕо баар буола сылдьыбытын этэллэр, онон түҥ былыргы кистэнэн сытар буолуон сөп.
«Олохтоох дьон манна ол собуокка үлэлээбиттэр олорбут буолуохтарын сөп дииллэр. Эбэтэр собуокка сибээстээх дьон. Кэпсииллэринэн, манна болуоттарга устан бастакы сахалар кэлбиттэр. Салгыы аныгы Хаптаҕайы тэниппиттэр. Мыла эбэнэн уонна үөһэ өттүгэр», — диэтэ Прокопьева уонна өссө эрдэтээҥи кэм артефакттара булуллуохтарын сөбүн эбэн эттэ.
Күһүҥҥэ диэри үлэ барыаҕа, оттон камеральнай үлэ кыһыҥҥы өттүгэр эмиэ ыытыллыаҕа. Археологтар волонтердары экспедицияҕа ыҥыраллар.
This post was published on 27.03.2025 18:09 18:09