22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлүөнэ муостата, Арктика киинэ салҕаныахтара дуо?

17:14, 23 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ил Дархан Айсен Николаев дьаҥ турбут кэмигэр салалта өттүттэн туох үлэ-хамнас барарын, олох-дьаһах хайдах уларыйыан сөбүн туһунан ааҕааччыларбытыгар анаан бэйэтин көрүүлэрин, санааларын билиһиннэрдэ.


— Киһини үөрдүбэт сонуннар кэлэллэр. Ньиэп сыаната олус түстэ. Бу биһиэхэ хайдах дьайыай?
— Сорохтор үөрэллэр – уматык сыаната чэпчиэ диэн. Кырдьык, кыратык чэпчиэн сөп. Ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп чэпчиирэ үчүгэйгэ тиэрдибэт. Бүддьүөккэ 12 миллиард солкуобай ньиэби хостуур тэрилтэлэртэн киирэр. Бу маны нолуок быһыытынан бүддьүөккэ киллэрбэтэхтэринэ, балаһыанньа лаппа ыарыан сөп. Ити харчыттан тыа хаһаа­йыстыбата, социальнай эйгэ, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара уонна атын да салаалар үбүлэ­нэллэр. Онон 12 миллиард солкуобай диэн улахан суолталаах суума биһиэхэ.
— АЛРОСА бүддьүөт сүрүн чааһын толорор. Бу хайысхаҕа балаһыанньата хайдаҕый?
— Атын тэрилтэлэри кытта тэҥнээн көрдөххө, АЛРОСА балаһыанньата уустук. Тоҕо диэтэххэ, билигин аан дойду олох­тоохторо бары кэриэтэ дьиэлэригэр олороллор. Кинилэр харчыларын аска эрэ тутталлар. Улахан тугу да атыыласпаттар. Күндү таастан оҥоһук атыыта тохтоото да, алмаас атыыта эмиэ тохтуур. Бүгүн аан дойду үрдүнэн алмааһы хостуур бөдөҥ тэрилтэлэртэн АЛРОСА эрэ тохтообокко үлэлии турар. Атыттар олох тохтоо­тулар эбэтэр кыамталарын 50% эрэ үлэлиир. Балаһыанньа хаһан уруккуга төннөрүн этэр уустук. АЛРОСА көрдөрүүлэрэ урукку сыллар­дааҕар лаппа түһүөн сөп. Ол иһин мин дойду салалтатыгар быйылгы ыарахан сылга өрөспүүбүлүкэни уонна АЛРОСА-ны өйүүр сыалтан Арассыыйа Гохрана алмааһы бэйэтигэр атыылаһарын туруорсан, сурук суруйдум. Итини өйүүр туһунан дойдубут Аҕа баһылыгыттан Владимир Владимирович Путинтан сурук баар. Онон бу хайысхаҕа салгыы үлэлэһиэхпит.
— Былааннаммыт тутуулар – Өлүөнэ муостата, Арктика киинэ салҕаныахтара дуо?
— Былаан быһыытынан, Өлүөнэ муостатыгар быйыл биһиги бүддьүөппүтүттэн үп көрүллүбэт. Быйыл уонна 2021 сыл улахан ­аҥаарыгар федеральнай бүддьүөттэн биһиэхэ муоста тутуутугар харчы наадата суох. Бу үлэлэри барытын концессионер (муостаны тутар тэрилтэ) бэ­­йэтин суотугар ыыта сылдьар. Бу саас өрүс сүнньүгэр, икки кытылга, арыыларга 95 дьөлө үүттээһини оҥордулар. Сир анныттан ылбыт көрдөрүүлэрин научнай чинчийэр институттарга ыыттылар. Онно олоҕуран, муоста бырайыага салгыы оҥоһуллуох­таах. Онон күргэ тутуутугар бытаарааһын тахса илик. Атын тутуулары ылар буоллахха, ол иһигэр Арктика киинин үбүлээһинэ көһөрүүгэ турар. Билигин, муостаҕа курдук, эмиэ чааһынай инвестор бэйэтин үбүгэр үлэни ыыта сылдьар. Арктика киинин 2022 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэ диэн былааннаабыппыт. Ол эрэн, бүгүҥҥү балаһыанньанан си­­бээстээн үлэҕэ киирэр болдьоҕо хойут көһөн биэрэрэ буолуо.
— Аан дойду олоҕо тосту уларыйыа диэн сабаҕалыыллар, уларыйан да эрэр. Эн санааҕар, экэниэмикэ өттүгэр ханнык суолу тутуһуохха нааданый?
— Кэлэр сылларга экэниэмикэ уларыйыан сөп диэн сыаналыыбыт. “Өйдөөх” технологияны сайыннарар салаалар, сыыппара салаата, мэдиссиинэ өттүгэр биотехнологиялар күүскэ сайдар кыахтаннылар. Ол иһин биһиги олорон биэриэ суохтаахпыт, сөптөөх билиилээх, үөрэхтээх буолуохтаахпыт. Мин санаабар, аан дойду урукку курдук аны олорбот. Олохпут тосту уларыйда. Муус устар 22 күнүгэр Владимир Ленин төрөөбүтэ 150 сыла буолла. Кинини араастаан саҥараллар, суруйаллар, ол эрэн, туох да диэбит иһин, кини аан дойдуну уларыппыт, үөрэхтээх, билиилээх буолууну турууласпыт улуу киһи. Мин уруккуттан этэбин: “Омук үөрэхтээх эрэ буоллаҕына, салгыы сайдар кыахтаах. Биһиги бары үөрэ­ниэхтээхпит – кыра оҕоттон саҕалаан ытык кырдьаҕаска диэри”.
— Доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр уларыйыылар киириэхтэрэ дииллэр. Манна эн санааҥ хайдаҕый?
— Бу хайысхаҕа аан дойду үрдүнэн элбэх санаа баар. Дьаҥ ааспытын кэннэ эрэ биллиэ ­буоллаҕа дии, ыарыы төһө охсууну таһаарбыта. Сорохтор тохтоло суох Кытайы хайгыыллар. Кытайдар хааччах­тааһыны тулуурдаахтык уонна истигэнник аастылар. Аны дойду иһиттэн информация тахсыытын эмиэ кытаанахтык хонтуруоллууллар. Онон чахчы төһө киһи ыалдьыбытын, үтүөрбүтүн чопчу билбэппит. Мин көрдөхпүнэ, Соҕуруу Кэриэйэ кэмигэр сөпкө дьаһанан, билигин көрдөрүүлэрэ барыларыттан ордук. Бу икки дойду холобура көрдөрөр – дьон бэрээдэктээх буолуохтаах. Хааччахтааһыны дьоҥҥо куһаҕаны баҕаран олохтооботтор, төттөрүтүн, кинилэри харыстаан итинниги киллэрэллэр. Оттон биһиги дойдубутугар «Конституцияны кэһэллэр, тоҕо хааччахтааһыны киллэрэллэрий” диэн саҥалар иһиллэллэр. Тоһоҕолоон этиэм этэ – COVID-19 диэн сүрдээх ыарахан уонна кутталлаах ыарыы. Доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ уларыйара буолуо. Биһиги бэйэбит манна элбэх киһини анаалыыстыыбыт. Күн бүгүн 19 тыһыынча киһи бэрэбиэркэни ааста. Төһөнөн элбэх тест ыытаҕын да, оччонон элбэх ыарыыны булаҕын. Сэбиэскэй кэмтэн санитарнай сулууспа (Роспотребнадзор) туспа тэрилтэ быһыытынан хаалбыта биһигини билигин олус абыраата. Сорох сорохтор “Роспотребнадзор” сулууспатын суох оҥоруохха, туһата суох, маҕаһыыннары, дьон аһыыр сирдэрин эрэ бэрэбиэркэлииринэн муҥурданаллар диэн. Билигин ­буоллаҕына, бу сулууспа маннык дьаҥ кэмигэр олус туһалааҕа уонна наадалааҕа толору дакаастанна.
— Сотору аны халаан уута кэлиэ, ойуур баһаардара саҕаланыахтара. Бу хайысхаҕа туох үлэ барарый?
— Быйыл сөптөөх бэлэмнэнии үлэтин ыыттыбыт. Саас элбэх хаар түһэн, улахан уу кэлиэ диэн сабаҕалыыбыт. Чуолаан, киин улуустарга. Быйыл куйаартан сир аргыстарын көмөлөрүнэн кэтээн көрөр сис­тиэмэ кэллэ. Онон мантан олорон тута балаһыанньаны билэ олоруохпут – ханна харыы үөскээбитин, ханна уот турбутун уо.д.а. Ити барыта суһаллык быһаарыы ылынарбытыгар улаханнык көмөлөһүөхтээх дии саныыбын. Билигин муус эрбээһинэ, хараардааһына ыытылла тураллар. 177 гидропост үлэлиэҕэ. Күнү-дьылы кэтээн көрөр үлэһиттэр ­этэллэринэн, Өлүөнэ урукку дьыллартан эрдэ эс­­тиэҕэ. Ойуур баһаардара от ыйыттан саҕаланыахтара диэн сабаҕалыыллар. Билгэлээччилэр, былырыыҥҥы курдук кураан буолуо суоҕа, сөҥүү элбэхтик түһүө дииллэр эрээри, кэмэ кэллэҕинэ, биирдэ билэрбит буолуо. Тыаны харыстааһыҥҥа дойду бүддьүөтүттэн балай эмэ элбэх үбүлээһини ыллыбыт. Ол иһин араас тиэхиньикэни атыы­ластыбыт, үксэ манна кэлбитэ. Онон урукку сыллардааҕар бэлэмнэниибит ордук.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА