Тутуу матырыйааллар сыаналара ыараан, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун сыаната үрдүүрүн сабаҕалыыллар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев ТАСС таһаарыытыгар интервьюга биллэрдэ.
Кини этэринэн, муостаны бырайыактааһыҥҥа тас дойдуттан кэлэр деталлар ахсааннарын олох муҥутуур кыччатааһыҥҥа кыһаллыбыттара. «Бырайыакка киирбит импортнай деталлары эйэлээх дойдулартан холкутук аҕалыахпытын сөп», — диэн Николаев чопчулаата.
«Суоллары уонна муосталары тутуу дойду экономикатын биир саамай улахан салаалара, онон бу хайысхалар импортан улахан тутулуга суохтар, манна сүнньүнэн олохтоох оҥорон таһаарыынан туһаналлар, онон чопчу санкция дьайбат. Инфляция сабыдыаллыаҕа. Болдьохторун туһунан этэр буоллахха, Ленскэй муоста тутуута үбүлээһинтэн эрэ тутулуктаах», — диэтэ регион баһылыга.
This post was published on 25.04.2022 18:04 18:04