Саха сиригэр стратегическай суолталаах Өлүөнэ эбэни туоруур муоста сыбаайалара, төһө да тымныы халлаан турдар, салҕанар, суруйда Саха сирэ саайт.
Өрүс хаҥас биэрэгэр 53-с сыбаайаны бетоннааһын үлэтэ түмүктэннэ. ВИС бөлөх иһитиннэрбитинэн, 54 арматура каркааһа бэлэмнэммит. Маны сэргэ, тутуу тиэхиньикэтигэр аналлаах гараас тутуллан бүппүт. «Стальмост» диэн Тюмень собуотугар билигин сыбаайа тирэҕин оҥорорго 1473 туонна тимир конструкция оҥоһуллубут. Уопсайа 4521 туоннаттан 1473 бэлэм, 300 туонна Саха сиригэр ыытыллыбыт.
Өлүөнэ муостатын тутуу биир сүрүн инфраструктурнай бырайыак буолар. Кини үс федеральнайдааҕы, биэс эрэгийиэннээҕи суоллары ситимниэҕэ. Бу тутуу Новосибирскайтан кэлэр таһаҕас тиэйиитигэр көмөлөөх буолуоҕа. Муоста суолунан сууккаҕа быһа холоон 5300 массыына айанныаҕа.
This post was published on 14.01.2025 16:07 16:07