Өлүөнэ эбэни туоруур көҥүлэ суох муус суолга улахан массыына түстэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бэҕэһээ, олунньу 11 күнүгэр, Кангаласс — Суотту хайысханан көҥүлэ суох муус суолунан айаннаары чох тиэнэн испит улахан массыына түстэ.

«Управтодор РС(Я)» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, бу хайысханан «Бороҕон» кыһыҥҥы муус суола үлэлиир, технига уйугун нуормата 30 туонна.

This post was published on 12.02.2024 10:30 10:30