Өлүөнэ эбэҕэ учаастактарынан уу таһыма эбиллиэҕэ

Нэдиэлэ бүтүүтэ Покровскай — Дьокуускай учаастагар уу таһыма Өлүөнэ эбэҕэ эбиллэрэ күүтүллэр диэн суруйар ЯСИА.

Өлүөнэ эбэҕэ муус хойуутук Булуҥ оройуонун туһаайыытынан ааһар. Кэлэр сууккаҕа уу таһыма Хатыҥ-Тумул – Саҥыйахтаах учаастагынан биллиэҕэ, бу Өлүөхүмэ оройуонун территориятыгар.

Ыам ыйын 31 — бэс ыйын 2 күннэригэр Покровскай — Дьокуускай учаастагар уу таһыма эбиллиэҕэ. Ол туһунан суһал штаб иһитиннэрдэ.

This post was published on 29.05.2024 13:03 13:03