Быйыл, Саха сиринээҕи «Гидрометцентр» тэрилтэ иһитиннэрэринэн, өрүстэр арыллыылара нуормаҕа эппиэттэһэр эбэтэр бииртэн үскэ диэри хонук эрдэлиэн сөп. Уу таһыма сэрэхтээх бэлиэҕэ тахсыыта Халыма өрүскэ Зырянка уонна Орто Халыма ардыларыгар бэлиэтэниэн сөп. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Ыам ыйын иккис аҥарын саҕаланыыта Өлүөнэ эбэ мууһа Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка уонна Намҥа биллиэҕэ. Салгыы Кэбээйи оройуонун таарыйыа, ыам ыйын бүтэһик күннэригэр — үрэхтэр төрдүлэригэр тиийиэҕэ.
Ыам ыйын иккис аҥарыгар Алдан, Бүлүү арыллыахтара уонна Амма алын өттө, бу эмиэ 1-3 суукка нуорматтан эрдэлиир.
Салгыы https://ysia.ru/ledohod-na-reke-lene-v-yakutii-ozhidaetsya-v-pervoj-dekade-maya/
This post was published on 18.04.2024 11:33 11:33