Өлүөнэ эбэҕэ быраҥааттаны, чыыры уонна күндүөбэйи үөскэтиэхтэрэ

Саха сирин өрүстэригэр балыгы үөскэтиини быйылгы дьылга эмиэ ыытыахтара. Бырагыраама аан бастакытын Өлүөнэ эбэҕэ үлэлиэҕэ. Манна быраҥаатта, чыыр уонна күндүөбэй үөскэтиллэрэ былааннанар. 


«Саха сирин өрүстэригэр балыгы үөскэтиигэ улахан былааннар бааллар. Быйыл аан бастакытын Өлүөнэ өрүскэ быраҥаатта, чыыр уонна күндүөбэй ыамаларын ыытыахпыт. Чернышевскайдааҕы балык собуотугар инкубацияҕа икки мөлүйүөнтэн тахса искэх баар», — диэн экология миниистирэ Сахамин Афанасьев «Быһа кэпсэтии» биэриигэ эттэ.

Бүлүү өрүскэ эмиэ балыгы ыытар туһунан эттэ. Быйыл ити эҥэр улуустар үлэҕэ кыттыһаллар. Кинилэр бэйэлэрин суоттарыгар муниципалитеттар икки ардыларынааҕы бырагыраамаҕа киирсэллэр. АЛРОСА хампаанньа хатыыһы үөскэтиигэ кыттыһар. Быйыл сүүстэн тахсаны ыытара былааҥҥа турар.

«Өрүстэргэ балыгы үөскэтиигэ ыытыллыбыт үлэ хонтуруолланар. 2023 -2025 сылларга бастакы түмүктэри көрүөхпүт», — диэтэ миниистир.

This post was published on 06.02.2020 12:02 12:02