Өлүөнэ өрүскэ ардах түһэн, уу таһыма үрдээн иһэр.
Ленскэй оройуонун Витим бөһүөлэгэр суукка иһигэр уу таһыма 1,8 миэтэрэ үрдээтэ, диэн иһитиннэрэр УГМС.
Чугастааҕы сууккаҕа уу таһыма үрдээһинэ 640-660 см. тиийиэҕэ. Сэрэхтээх гидрологическай көстүү бэлиэтэ 650 см. Уу намыһах сирдэргэ уонна тыа хаһаайыстыбатын ходуһаларыгар тахсара сабаҕаланар.
This post was published on 09.09.2025 14:39 14:39