«Муус Устар-2024» ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ улуустарга ыытыллыбыта биир ый буолла. Өлөөн улууһун ыччата ыччат бэлиитикэтигэр «Бастыҥ муниципальнай оройуон» номинацияҕа кыттар.
Бизнес-идеяларга куонкуруска Өлөөн улууһун ыччатын «Сэрун» хамаандата финалга таҕыста. 31 улууска иккис миэстэ буоллулар. Онон билигин Дьокуускай куоракка буолар түмүктүүр тэрээһиннэргэ кыттар чиэскэ тигистэ диэн, Сардаҥа хаһыат суруйда.
Хамаанда састааба: Николаев Алексей — улуус дьаһалтатын исписэлииһэ, Долгунов Давид — баһылык пресс-сэкирэтээрэ, Петров Вячеслав — бэйэ дьарыктаах, Колодезникова Евдокия — ИП, Соломонова Сахая — бэйэ дьарыктаах уонна Даведов Амир — оскуола үөрэнээччитэ.
This post was published on 31.01.2024 10:02 10:02