Быйыл Өлөөн улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Моя Якутия в 21 веке» үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн эдэр исписэлиистэргэ үс түөртүү кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах дьиэлэри үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
Бу күннэргэ бастакы дьиэни Өлөөн нэһилиэгэр киллэрдилэр. Эдэр исписэлиистэргэ кыбартыыралар күлүүстэрин улуус баһылыга Лена Иванова туттарда.
Дьиэлэри «Тээйэ», «Альфастрой» ХЭТтар кэмигэр тутан киллэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн барыта 45 мөл солкуобай көрүллүбүт.
Өссө икки дьиэни Харыйалаахха уонна Ээйиккэ киллэриэхтэрэ. Саҥа кыбартыыраларга 2 мэдиссиинэ үлэһитэ, алта учуутал, түөрт тыа хаһаайыстыбатын эдэр исписэлиистэрэ олохсуйуохтара.
This post was published on 15.12.2020 11:01 11:01