Кындыкан диэн ааттаах кыыс оҕо Өлөөн улууһугар төрөөтө. Бу аныгы Саха сиригэр аан бастаан бэриллибит аат буолар.
Ыам ыйын 24 күнүгэр Өлөөн национальнай улууһугар Корякиннар дьиэ кэргэҥҥэ олус үөрүүлээх күн буолла. Кырачаан кыыс оҕо төрөөтө. Киниэхэ Кындыкан диэн ураты ааты биэрдилэр.
Спиридон уонна Туяра Корякиннарга төрдүс оҕо күн сирин көрдө. Улаханнара Ян 10 саастаах, Клавдий түөрдэ, Елена иккилээх, саҥа күн сирин көрбүттэрэ Кындыкан аҕыйах хонуктаах.
Төрөппүттэр Булуҥ улууһуттан төрүттээхтэр, билигин Өлөөҥҥө олороллор. Спиридон ОДьКХ-ҕа сыбаарсык.
Кындыкан — кыыс оҕо аата. История кэпсииринэн, 200 сыл анараа өттүгэр Хоту уоспаттан өлбүт нэһилиэнньэҕэ булбут кыыстарын аата итинник эбит.
This post was published on 29.05.2024 15:56 15:56