Өлөөн өрүһүгэр балыктааһын кээмэйин улаатыннарары туруорсаллар

«Таймылыыр» МУП дириэктэрэ Денис Быдыгиев  Өлөөн өрүһүгэр балыктааһын кээмэйин улаатыннарары экология миниистирэ Сахамин Афанасьевка туруоруста.


«Таймылыыр» Булуҥ улууһун Таймылыыр нэһилиэгин тутаах тэрилтэтэ. Билигин тэрилтэ 10 балыктыыр учаастактаах, онтон алтата Өлөөн өрүһүгэр, түөрдэ – Өлөөн өрүс тас үөһүгэр.

Сахамин Афанасьев өрүскэ уомул саппааһын эбии чинчийэр боппуруос Росрыболовство чугастааҕы сэбиэтигэр көтөҕүллүөн эттэ.

This post was published on 10.02.2021 13:03 13:03