Өлөөн оройуонун прокуратурата сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр үлэлээбит оҕолору кытары үлэ быраабын тутуһууларын бэрэбиэркэлээтэ. Бэрэбиэркэ быһаарбыта, кинилэри кытары үлэ дуогабара оҥоһуллубатах эбит, диэн СИА кэпсиир.
«СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ уонна эбэҥки национальнай нэһилиэгин дьаһалтата сокуоннай саастарын ситэ илик 14-18- гар диэри саастаах оҕолору быстах кэмҥэ үлэлэтиигэ дуогабар түһэристилэр. Оҕолор үлэлии сылдьыбыттар эрээри, кинилэри кытта үлэ дуогабарын түһэрсибэтэхтэр», — диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Прокуратура тустаах миэрэлэри ылынна, ол иһигэр административнай быраабы кэһии туһунан дьыала тэрилиннэ. 11 үлэлии сылдьыбыт оҕо бырааба чөлүгэр түһэрилиннэ, кинилэр үлэлиир кинигэлэригэр туһааннаах суруйуулар киллэрилиннилэр.
This post was published on 10.08.2022 14:01 14:01