Өлөөн олохтоохторо "Арассыыйа хайыһара-2022" тэрээһиҥҥэ кытыннылар

Өлөөн улууһа «Арассыыйа хайыһара-2022» аһаҕас маассабай хайыһарынан сырсыыга кытынна. Тэрээһин дойду үрдүнэн 37-с төгүлүн ыытыллар.

Өлөөҥҥө тэриллибит хайыһар эстафетатыгар үлэ кэлэктииптэрэ, эр дьон, дьахталлар, оҕолор кытыннылар.

Скандинавскай хаамыынан сөбүлээн дьарыктанааччылар ким бастыырыгар күрэхтэстилэр. Саамай саастаахтара 80 саастаах. Христина Капитоновна эдэрдэри кытта тэҥҥэ 2 км дистанцияны ааста. Финишка бастыҥнары кытта сэргэ сэттис киһинэн кэллэ.

Ааптар: «Сарадаҥа» хаһыат

This post was published on 04.04.2022 13:01 13:01