Муус устар ый бүтэһик күнэ. Сарсыҥҥыттан ыам ыйа. «Дьыл хойутаата», — дииллэр. Өрөспүүбүлүкэ тайыыр сирэ киэҥинэн күн-дьыл араастаһар. Ханна эрэ хаар толору сытар, ханан эрэ бадараан бүтэн, кууран эрэр.
Өлөөн улууһун «Сардаҥа» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин э.т. Наталья Нетребенко бу сарсыарда киин бөһүөлэги хаартыскаҕа түһэрэн ыытта. Кини халлаан лаппа сылыйбытын, билигин «0 кыраадыс» диэн көрдөрөрүн эттэ.
Бу кэмҥэ Өлүөхүмэ куоратыгар бадараан кууран эрэр. Балаһыанньа маннык:
Оттон Чурапчы Чакырыгар өссө да хаар баһаам. «Кыһыммыт бүтэр санаата суох, оҕуруоту олордууга атахтаата», — дииллэр олохтоохтор.
This post was published on 30.04.2021 10:01 10:01