Өлөөн улууһун прокуратурата нэһилиэк сэбиэттэриттэн дьокутаатыгар холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кини бэйэтин сулууспалыыр балаһыанньатын туһанан бөдөҥ кээмэйдээх харчы сиэһинигэр буруйданар диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Силиэстийэ көрдөрүүтүэн, бу киһи салайаачынан үлэлии сылдьан, «Агентство субсидий» СӨ судаарыстыбыннай казеннай тэрилтэтигэр сымыйа докумуоннары хомуйан биэрбит. Дьиҥнээхтии үлэҕэ киирбэккэ турар дьиэни үлэлии турар курдук оҥорон онно харчы ылбыт.
Бу докумуоҥҥа олоҕуран, юридическай сирэйгэ коммунальнай өҥөҕө чэпчэтии оҥоһуллан, уопсайа 766 тыһ. солк. тахса суумалаах субсидия биэрбиттэр.
Холуобунай дьыаланы прокуратура салгыы суукка ыытта.
This post was published on 03.02.2022 17:01 17:01