Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэ нэһилиэгэр 50 миэстэлээх «Тугутчаан» оҕо саада үлэҕэ киирэргэ бэлэм. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управлениета иһитиннэрэр. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Управление эбийиэги тутта.
«Тыа сирин туруктаахтык сайыннарыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн тутуллубут биир этээстээх «Тугутчаан» оҕо саада 896,18 кв миэтэрэ иэннээх. Оонньуур, утуйар, ас астыыр, оҕону дьарыктыыр, мэдиссиинэ о.д.а. ирдэбилгэ эппиэттэһэр анал хостордоох.
Уһуйаан тас өттүгэр оҕолор оонньуулларыгар, күүлэйдииллэригэр, спордунан дьарыктаналларыгар, күнтэн хаххалаах, табыгастаах былаһааккалаах. Кэнэҕискитин манна мастары, сэппэрээктэри олордуохтара, газон тэлгэтиэхтэрэ.
«Тугутчаан» оҕо саада 50 миэстэлээх. «Тутуу аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттэһэр. Маны таһынан доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах гына оҥоһуллубут», — диир Управление салайааччыта Павел Аргунов.
This post was published on 01.10.2020 13:01 13:01