Алтынньы 25 күнүгэр Москваҕа Айсен Николаев өлүүлэһэн тутууга албыннаппыт гражданнары көмүскүүр федеральнай пуонда генеральнай дириэктэрэ Олег Говоруну кытары бииргэ үлэлииргэ докумуоҥҥа илии баттаста, диэн иһитиннэрэр НВК «Саха».
Өрүттэр Сөбүлэһиилэригэр олоҕуран, үлэҕэ киирэ илик дьиэлэри ситэриигэ федеральнай бүддьүөттэн, тустаах пуондаттан уонна регион хааһынатыттан үбүлээһин көрүллүө.
«Саха сирэ биир бастакынан маннык сөбүлэһиини баттаспыт регионнар ахсааннарыгар киирдэ. Бу докумуон көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ өлүүлэһэн тутууга албыннаппыттар бырааптара кэлэр икки сыл иһигэр сөргүтүллүө», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Өлүүлэһэн тутуу кыһалҕатын быһаарыыга икки суол баар. Тутууну ситэрэн биэрии эбэтэр албынаппыт дьоҥҥо харчыны толуйуу. Бэлиэтиир буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ ситэ тутуллан бүппэккэ турар 15 дьиэ баар.
This post was published on 29.10.2019 11:00 11:00