“Симиир” тутуу хампаанньата моҥкуруут баран, дьиэтин ситэ туппата. Тутууга харчы укпут дьон 89%-на толуйуу харчытын ыллылар диэн, Өлүүлэһэн тутууга киирбит дьон интэриэһин көмүскүүр пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Толуйуу харчытын 2019 сыл ахсынньытыттан солкуобайынан төлүүллэр. ДОМ.РФ бааныгар дьон докумуоннарын туттарбыттарын кэннэ, 10 үлэ күнүн иһигэр харчыны ыыталлар. Тутулуга суох сыана быһааччы отчуотугар олоҕуран, толуйуу кээмэйин хас биирдии киһиэхэ тус-туһунан ааҕаллар. Онуоха кыбартыыра иэнэ 120 м2 куоһарыа суохтаах, сыана быһааччы толуйуу харчытын төлүүр кэмҥэ саҥа дьиэҕэ 1 м2 сыанатын кыбартыыра иэнигэр төгүллүүр, толуйуу харчытын кээмэйэ итинтэн сиэттэрэн тахсар.
Онон өлүүлэһэн тутууга киирэн баран албыннаппыт дьон харчыларын бүгүҥҥү ырыынак сыанатынан ыллылар. Кинилэр ол үптэринэн кылгас кэм иһигэр саҥа кыбартыыра атыылаһар кыахтаныахтара. Толуйуу харчытыттан нолуок тутуллубат. Уопсайа Арассыыйа 17 эрэгийиэнигэр өлүүлэһэн тутууга киирбит 5 тыһыынча киһи толуйуу харчытын ылла.
Хаартыска СӨ Тутуутун министэристибэтиттэн
This post was published on 11.03.2020 16:09 16:09