Кэбээйи улууһун Лүксүгүн нэһилиэгэ быйыл төрүттэммитэ 70 сыла. Ылыллар дьаһаллар ол тула салаллаллар. Бу күннэргэ муус ылыытыгар күрэхтэстилэр.
Лүксүгүҥҥэ «Муус ылыыта күрэх» көхтөөхтүк буолан ааста. Үс хамаанда тыҥааһыннаахтык кииристэ. «Сахаэнерго» АУо тэҥнээҕин булбата. ОДьКХ бастакы хамаандата иккистээтэ, үсүһү олоҕу-дьаһаҕы хааччыйааччылар иккис хамаандалара ылла.
«Бэрт тэрээһин буолан ааста, күрэххэ ылыллыбыт муус кыамматтарга уонна кырдьаҕастарга көмө быһыытынан бэриллиэҕэ. Инникитин да араас күрэх ыытыллыаҕа», — диэн тэрийээччилэр эттилэр.
Ааптар: Анисья Спиридонова, Кэбээйи улууһа
This post was published on 22.10.2019 15:56 15:56