Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөл бөһүөлэгин сылгы собуотуттан 100 сылгыны Абыйга атаардылар. Хаан атастаһыытыгар сөптөөх дьаһал оҥоһулунна дииллэр исписэлиистэр.
Уопсайа 100 төбөнү, Абый улууһун территориятыгар тутардыы, чааһынай киһи Өлөөкө Күөлүттэн атыыласта.
«Билигин Дүөнсэҕэ хоноллор, сарсын Эбээх бөһүөлэгин тас өттүгэр хоноллор, онтон Калгын диэн сиртэн массыынаҕа хаалаан илдьэллэр. Оннук Абыйга тириэрдиэхтэрэ», диэн иһитиннэрдилэр СИА-ҕа.
Бэҕэһээ социальнай ситимнэргэ 100 сылгы «улуу көһүүтүн» видеоҕа устан таһаарбыттара тарҕанна.
This post was published on 22.04.2022 09:58 09:58