От ыйын 29 күнүгэр Лөкөчөөн Улуҥнааҕар от охсуутугар тэриллибит улуустааҕы күүлэйгэ Балаҕаччыттан, Чочуттан, Илбэҥэттэн уонна сүрүннээн Лөкөчөөнтөн 13 бастыҥ охсооччу сытыы хотуура тыаһаата.
Урут хара маһыттан уулаах Улуҥнаах уутун түһэриэхтэриттэн, кэлиҥҥи сылларга ханааллары ыраастыахтарыттан ыла, бу эбэҕэ элбэх кэтэх хаһаайыстыбалаахтар оттууллар. Күүлэй элбэх ынах сүөһүлээх, эт-үүт туттарар, сыр оҥорор улууска биллэр “Тускул” бааһынай хаһаайыстыба салайааччытын Афанасий Харлампьев кэтэх оттуур сиригэр тэрилиннэ.
Сүрүн тэрийээччинэн Лөкөчөөн дьаһалтата буолла, бириистэри нэһилиэк, улуус дьаһалталара, анал бирииһи “Туймаада-лизинг” туруордулар. Улуус дьаһалтата бу тэрээһиҥҥэ 100 тыһ. солк. көрдө.
Туттарга табыгастаах “Штиль” мото-хотуур үөдүйүөҕүттэн сир аайы илиинэн охсуу тохтоон эрэр диэххэ сөп. Аҕыс сыл буолан баран ыытыллыбыт улуустааҕы күүлэй өбүгэлэрбит үгэстэрин сөргүтэр, умнууга хаалларбат сыаллаах тэрилиннэ.
Күүлэйгэ улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Лукин төрүттэрбит илиинэн от охсон, мунньан кэлбиттэрин умнууга хаалларбат туһуттан, сылын аайы окко киириэх иннинэ күүлэйи тэрийэри наадалааҕынан ааҕарын иһитиннэрдэ. Оттон Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Иван Тарасов: “От үлэтин үгэнэ буолан, кэмэ-кэрдиитэ табыгаһа да суох буоллар, төһө охсооччу кэлэринэн ыыттыбыт. Эһиилгиттэн хамаанданан ыытар толкуй баар, оччоҕо элбэх охсооччу кыттыа этэ», — диэтэ.
Лөкөчөөн нэһилиэгин баһылыга Анна Доргонова: “Биһиэхэ күүлэй саҥа тэрээһин буолар», — диэн этэн туран, бу саҥа саҕалааһын үгэскэ кубулуйарыгар, тыа сирин үлэтигэр дьону көҕүлүүр күүс буоларыгар баҕарарын эттэ.
Күүлэйи кылаабынай судьуйа, улуустааҕы спорткомитет салайааччыта Гаврил Евсеев ыытта.
Сөрүүн, кумаара, кырдаайыта суох, кыра тыаллаах күн охсооччуларга көмөлөөх буолла.
Дьахталларга Лөкөчөөнтөн Римма Гаврильева, Марианна Харлампьева, Зульфия Абдуллаева, Ольга Новикова, Илбэҥэттэн Прасковья Иванова, Россияҕа 4 миэстэлээх Балаҕаччыттан Вера Васильева үстүү чаас тохтоло суох үүнүүлээх ходуһаҕа оҕустулар. Эр дьоннорго Лөкөчөөнтөн Гаврил Катакинов, Семен Евсеев, Егор Протопопов, Чочуттан өрөспүүбүлүкэ күүлэйигэр элбэхтик кыттыбыт Федор Попов түөртүү чаас оҕустулар. Оҕолор эмиэ хаалсыбакка учаастактарын улахан аҥарын оҕустулар.
Сыралаах үлэ кэннэ охсуллубут сири кээмэйдээн бастыҥнары быһаардылар. Элбэх күрэхтэһиигэ кыттыы уопута, кытаанах иҥиир, уһун тыын таайда быһыылаах диэххэ сөп. Ол курдук, эр дьоҥҥо Федор Попов, дьахталларга Вера Васильева саамай элбэх иэннээх сири охсон, күүлэй кыайыылаахтарынан ааттаннылар. Күүлэйгэ кыттыбыт охсооччулар бириистэрэ суох хаалбатылар.
Бу күн сир хаһаайына Харлампьев күүлэй кыттыылаахтарыгар тыһаҕас өлөрөн, эт буһаран, ис миинэ иһэрдэн, хаан сиэтэн, быырпах бэлэмнээн, килиэбигэр тиийэ күндүлээтэ.
Кыайыылаахтар атырдьах ыйын саҥатыгар ыаллыы сытар Горнай улууһун Маҕараһыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыахтара.
This post was published on 02.08.2016 15:41 15:41