Өлөөҥҥө хайаҕа хааттарбыт ыты быыһаатылар

Өлөөҥҥө ыам ыйын 9 күнүн киэһэ оройуон ЫБММ үлэһиттэрэ таас хайаҕа хааттарбыт ыты быыһаатылар. Ыт очуос хайа быыһыгар хааттаран баран, кыайан тахсыбакка сылдьыбыт. Быыһааччылар түбэлтэ буолбут сиригэр кэлэн торуоһунан түһэн хааттарбыт ыты быыһаатылар.

Оройуоннааҕы «Сардаҥа» хаһыат редакцията иһитиннэрбитинэн ыт быыһаммытыгар олус үөрбүт. Кини онно хайдах хааттарбыта биллибэт.

This post was published on 10.05.2023 15:05 15:05