Саха сиригэр федеральнайдааҕы салалтанан 31 «УАЗ», «УАЗ-Патриот» уонна «Соболь» мааркалардаах суһал көмө массыыналара аҕалыллыбыттара. Техника улуустарынан тарҕанна, ол иһигэр Өлүөхүмэтээҕи киин балыыһаҕа бэрилиннэ.
«Алтынньы 14 күнүгэр биһиги балыыһабытыгар суһал көмө массыынатын күлүүһүн туттардылар. Бу иккис массыына буолар. Наадалаах оборудованиеларынан хааччыллыбыт, ол иһигэр ИВЛ аппараата баар», — диэтэ кылаабынай быраас э.т. Анна Гаврильева.
Улуустааҕы киин балыыһа автопаарката «Б» кылаастаах «УАЗ» маркалаах массыынанан эбилиннэ, техника медицинскай хааччыллыыта 1,5 мөл солк.
«Биллэн турар, бу дьаһал Өлүөхүмэ улууһун медиктарыгар улахан көмө, ордук билиҥҥи эпидбалаһыанньа ыарахан кэмигэр. Дьиэҕэ ыҥырыы элбьээтэ, поликлиникаҕа ыксаллаах көмөнү эрэ оҥоробут. Биригээдэлэр киэһэ хойукка диэри үлэлиииллэр», — диэтэ Анна Гаврильева.
This post was published on 19.10.2020 10:01 10:01