Өлүөхүмэҕэ Аанньаах Хочотугар олохтоохтор күн көрүстүлэр. Алгыс баһа сыаланна!
Күнү көрсүү түһүлгэтигэр элбэх киһи муһунна. Нэһилиэктэртэн кэлбиттэр, «Олоҥхо» театрын артыыстара бааллар, улуус баһылыга Николай Харбин кыттыыны ылла.
Сотору Өлүөхүмэ улууһа Олоҥхо ыһыаҕын ыһарга бэлэм.
Алгысчыт этэн-тыынан бараатын кытта, күн бастакы сардаҥалара саҕахтан көһүннүлэр. Ити аата Айыылар үөрдүлэр.
Күн бүтүннүү көстөөтүн, мустубут дьон тоҥолохтуу тутуһан оһуохайы оройуттан туттулар.
This post was published on 21.06.2021 12:01 12:01