Өлүөхүмэ улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ режиссердар, туруорааччылар бөлөхтөрө үлэлиир. «Гармония» култуура киинигэр оһуохайга маастар-кылаас буолла. Манна нэһилиэк баһылыктара кыттыыны ыллылар.
Өлүөхүмэ улууһугар буолар Олоҥхо ыһыаҕын биир ураты көстүүтүнэн оһуохай тойугун нэһилиэк баһылыктара таһаарыахтара.
«Оһуохайы нэһилиэк баһылыктара таһаарыахтара. Бу ураты көстүү буолуоҕа«, — диэтилэр тэрийээччилэр.
Кылаабынай режиссер көмөлөһөөччүтэ Василиса Алексеева эппитинэн, улуус 23 нэһилиэгин баһылыктара бары оһуохайга туруохтара уонна ыллыахтара. «Өлүөхүмэ оһуохайын уратыта кинилэр хаамыыларыгар, хамсаныыларыгар биллэр, олох «уникальнай» көстүү«, — диэтэ кини.
Култуура киинин фольклорга исписэлииһэ Анна Романова:
– Өлүөхүмэ оһуохайын өр үөрэттим. Ким баҕарар үҥкүүлүөн сөп. Аҕыйах тыллаах, хамсаныылара олус кэрэлэр. Өбүгэлэрбитигэр махтанабын, билиҥҥи өйдөбүлүнэн олус «креативнайдар» эбит. Хамсаныыларын барытын айылҕаттан ылбыттар. Бастакы эр киһи үҥкүүтэ — хотой үҥкүүтэ. Онтон иккис, 60-с сылларга диэри сылдьыбыт — сылгы, үһүс — кыталык. Дьахтар оһуохайы таһаарыыта биһиги кэммитигэр тыыннаах тиийэн кэлбэтэх. Онтон эр киһи киэнэ баар.
This post was published on 22.03.2021 15:01 15:01