Өлүөхүмэ улууһун баһылыга: Ойуур баһаардара нэһилиэктэргэ кутталы үөскэппэттэр

Өлүөхүмэ оройуонугар атырдьах ыйын 8 күнүгэр 21 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Оройуон баһылыга Николай Харбин иһитиннэрбитинэн, хас биирдии баһаары умуруорууга улахан үлэ барар. Баһаары нэһилиэктэргэ чугаһаппат туһуттан утары уот ыытарга быһаарыннылар.

Өлүөхүмэ оройуонугар ойуур баһаарыгар ордук уустук быһыы-майгы үөскээтэ, манна уоту утары 500 киһи үлэлиир, ол быыһыгар атын регионтан сылдьар Авиалесоохрана исписэлиистэрэ

Ону сэргэ, оройуон олохтоохторо, баһылыктар эмиэ үлэлии сылдьаллар. «Бары подразделениелар миэстэтигэр уоту умуллараллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суох», — диэн Николай Харбин бэлиэтээтэ.

This post was published on 08.08.2023 17:16 17:16