29 Кулун тутар 29.03
  • -12°
  • $ 92,26
  • 99,71

Өлүөхүмэ улууһугар улахан баһаары туораттылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 8 күнүнээҕи туругунан Саха сирин сиригэр- уотугар түөрт баһаар умайа турар — Уус- Майа, Өлүөхүмэ, Дьааҥы уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар, диэн регион экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Бу баһаардары умулларыыга Авиалесоохрана 142 парашютист-десантниктара, ойуур харыстабылын 26 үлэһиттэрэ, ЫБМ 1 үлэһитэ уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн 3 киһи үлэлии сылдьаллар. 7 тиэхиникэ үлэҕэ тардылынна.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Өлүөхүмэ оройуонугар баар улахан баһаары туораттылар, аны олоччу умулларарга үлэ барар. Уот ылан ааспыт уопсай сирин иэнэ 835 гектарга тэҥнэһэр.

Ааспыт сууккаҕа Амма уонна Ленскэй оройуоннарыгар икки баһаары умуллардылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Ленскэй оройуонугар баһаар уһук сытар, куһаҕан суоллаах-иистээх сиргэ турбута. Манна ыам ыйын 30 күнүттэн тустаах үлэ ыытыллан, баһаары суох гыннылар.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар тахсар уоту тута булар туһугар күн аайы авиационнай уонна сир патруллааһына салҕанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА