Өлүөхүмэ улууһугар окко былааны 91% толорор соруктаахтар

Өлүөхүмэ улууһугар бырабыыталыстыба түһэрбит окко былаанын 91% толорор сорук турар, ол эбэтэр 17301 туонна. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Федор Чердонов «Өлүөхүмэ» хаһыакка иһитиннэрдэ.


Өлүөхүмэ улууһугар окко былаан 19107 туонна. Ити эрээри Абаҕа уонна 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэктэригэр үүнүү мөлтөх, оттон быйаҥ оттооҕунан биллэр Кыыллаахха аһыҥа түстэ. Онон СӨ бырабыыталыстыбатынан түһэриллибит былаан 91% толорор сорук турар.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайаачччыта Федор Чердонов иһитиннэрбитинэн, Кыыллаах ходуһалара «Кинфос» аһыҥаны утары сириэстибэнэн эмтэниллибит.

Улууска 120 звено, ол иһигэр 20 толору механизациялаах, 93 — толорута суох биригээдэ, биир ат-илии, алта кэлэктиип окко турунар. Бүтэһик иһитиннэриинэн, 256 киһи, 156 тиэхиньикэ окко таҕыста.

От ыйын 13 күнүнээҕи туругунан, улууска 372 гектар сир охсулунна, 119 туонна от кэбиһилиннэ.

Бааһынай хаһаайыстыбалар окко маассабай тахсыылара бүгүҥҥүттэн былааннанар.

This post was published on 20.07.2020 15:34 15:34