Өлүөхүмэ улууһугар Өлүөнэ өрүскэ муус туран саҕалаата

Өлүөхүмэ оройуонун Саҥыйахтаах нэһилиэгин таһыгар Өлүөнэ өрүскэ муус туран эрэр. Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэринэн, быйыл муус туруута болдьоҕуттан 11 суукка хойутаата.

Бүлүү өрүскэ Сунтаар нэһилиэгин таһыгар муус туруута эмиэ 13 суукканан хойутаан иһэрэ бэлиэтэнэр.

Хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэр кыһыҥҥы режимҥэ киирдилэр.

This post was published on 26.10.2023 16:48 16:48