Өлүөхүмэ улууһугар чааһынай дьиэ тиэргэнигэр оҕо өллө. Эрдэтээҥи быһаарыы түмүгүнэн, оҕо уокка оҕустаран өлбүт диэн Саха сирин прокуратурата иһитиннэрэр.
2009 сыл төрүөх кыыс оҕо бэс ыйын 4 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун нэһилиэгэр чааһынай дьиэ тиэргэнигэр оонньуу сылдьан өлбүт. Эрдэтээҥи быһаарыы түмүгүнэн, оҕо өлүүтүн төрүөтэ уокка оҕустарыы буолбут.
Өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын сорудаҕынан бу тахсыбыт быһылаан чахчыларынан бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа.
«Бэрэбиэркэ кэмигэр прокуратура оҕо өлүүтүн, төрүөтүн уонна түбэлтэ тахсарыгар туох усулуобуйалааҕын, сокуон ирдэбиллэрин тутуһууга уонна да атын боппуруостарга сыанабылы биэриэҕэ. Быһылаан тахсарыгар туох эмэ төрүөт баар эбит буоллаҕына, прокурор тустаах дьаһаллары ылыныаҕа«,-диэн өрөбүлгэ биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 06.06.2022 16:01 16:01