Уустук суоллаах-иистээх, тэйиччи сытар Өлүөхүмэ улууһугар социальнай суолталаах ас- үөл табаардарын тиэрдибиттэр. Билигин Өлүөхүмэҕэ ас- үөл дэлэй, оттон сорох бородуукта сыаната Дьокуускай маҕаһыыннарыттан да чэпчэки, диэн СИА-ҕа оройуон баһылыга Николай Харбин кэпсээтэ.
Оройуон баһылыга транспортнай схема уустугунан сибээстээн, ас-үөл, наадалаах табаар барыта эрдэттэн кыһыҥҥы суолунан тиэрдиллибитин бэлиэтээтэ.
«Сааһыары суол сабыллыыта, биһиги изоляцияҕа барабыт, улуус улахан, нэһилиэктэр 70 %- на уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ киирсэллэр. Былырыын аэропорт сабыллыбытыгар, сырыы олох суох этэ, биһиги букатын кэриэтэ, сабыллыбыппыт. Онон предпринимателлэр навигация аһыллыар диэри наадалаах табаары бэйэ уопутугар тирэҕирэн эрдэттэн аҕаларга дьулуһаллар. Потребительскай ырыынак тэрилтэлэрин көдьүүстээхтик үлэлэтиигэ оперативнай штаб тэриллибитэ. Биһиги исписэлиистэрбит социальнай суолталаах ас- үөл бородууктата сыанатын кэтээн көрөллөр, хонтуруоллууллар. Кинилэр иһитиннэриилэринэн билигин улууска аска дефицит суох. Мин предпринимателлэри кытта сибээстэстим, Дьокуускайга ас- үөл сыаната биһигиннээҕэр үрдээбитин бэлиэтээтилэр», — диэтэ Николай Харбин.
Маны таһынан, ааспыт сыл кураан сайын туран от үүнүүтэ мөлтөҕүттэн олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар эрэйи көрүстүлэр. Оҥорон таһаарар үлэ тохтоло суох барарын туһугар, оройуон баһылыга регионнааҕы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сүөһү аһылыгын тиэрдиитин туһунан кэпсэтии ыыта сылдьар.
«Суол-иис алдьаныытыгар диэри сүөһү аһылыгын аҕала охсорго кыһаллабыт. Ис кыахтарга эмиэ тустаах наадыйыы баар эрээри, окко тиийинэр инибит диэн эрэнэбит. Быйылгы саппааһы бэлэмнээһиҥҥэ ааспыт сайын кыһалҕаларын учуоттуохпут«, — диэн Харбин иһитиннэрдэ.
This post was published on 05.03.2022 18:20 18:20