Өлүөхүмэ сарсын уота суох хаалыа

«Якутскэнерго» арҕааҥы ситимэ иһитиннэрбитинэн, сарсын, олунньу 18 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун хас да нэһилиэнньэлээх пуунугар электричество уота арахсыа.


14:00 ч. – 16:00 ч. диэри Заречнай, Троицк, Солянка, Хоро сэл. уоттара суох хаалыахтара. Графикка уларыйыы тахсыан сөп.

Быстах уоту араарыы «Олекминск-2» уот ситимин тардыыта өрөмүөҥҥэ туруорулларынан уонна «Кресты» сиригэр  саҥа трансформатор подстанцията холбонорунан сибээстээх диэн, пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

This post was published on 17.02.2016 16:58 16:58