Өлүөхүмэ оройуонугар икки оскуола тутуллуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Заречнайга 60 миэстэлээх үөрэх эбийиэгэ «Моя Якутия в XXI веке» үтүө дьыала хамсааһынан тутуллар.

Чапаевоҕа оскуола-саад 90/25 миэстэлээх. Былаан быһыытынан 2026 сылга тутуута түмүктэниэхтээх.

Нюргуна Соколова эппитинэн, Саха сиригэр ааспыт сылга 61 социальнай эбийиэк тутулунна, ол иһигэр 22-тэ үөрэҕирии хайысхатынан. Быйыл 41 эбийиэк, ол иһигэр 14 — үөрэх тэрилтэтэ.

This post was published on 20.02.2025 12:08 12:08