Өлүөхүмэ оройуонугар ыксаллаах балаһыанньа эрэһиимэ биллэрилиннэ. Кыыллаахха, 1 Нөөрүктээйигэ уонна Хороҕо 100-тэн тахса тиэргэн ууга барда. Бэнидиэнньиккэ ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников эттэ.
Бастакы вице-премьер иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 13 күнүгэр сарсыарда Кыыллаахха уонна 1 Нөөрүктээйигэ уу түһүүтэ саҕаланна, Хороҕо турар.
Кыыллаахха уу 62 тиэргэҥҥэ киирдэ, манна 134 киһи олорор. Быстах кэмҥэ олорор пууннарга 47 киһи баар, атыттар аймахтарынан тарҕастылар. 1 Нөөрүктээйигэ 18 тиэргэҥҥэ уу киирдэ, манна 59 киһи олорор. Тоҕус киһи быстах кэмҥэ олорор пууҥҥа көстө, атыттар — аймахтарыгар. Хороҕо ууга 38 тиэргэн турар. 100 киһи эвакуацияланна, онтон ПВР-га 22 киһи олохсуйда.
«Полярные авиалинии» АХ суудуналара көттүлэр: бастакы дьону эвакуацияҕа, иккис муус харыытын эстэрэр үлэҕэ. Өссө биир ЫБММ бөртөлүөтэ икки туонна эстэрэр састааптаах көттө.
This post was published on 13.05.2024 09:43 09:43