Өлүөхүмэ олохтооҕо полиция үлэһитин сирэйгэ охсон үс сылга хаайыыга барда

Өлүөхүмэ олохтооҕо полицейскайы сирэйгэ охсон, үс сыл хаайыыга барда диэн, өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.

Полиция үлэһитэ итирик киһи сокуону кэһэр быһыытын буойбутугар,  эр киһи сутуругунан сирэйгэ иккитэ охсубут.

Суут прокурор санаатын уонна сууттанаачы сабылла илик бириигэбэрдээх сылдьарын учуоттаан, уопсай режимнээх холуонньаҕа үс сылга ыытта.

This post was published on 25.11.2022 12:05 12:05