Өлүөхүмэ улууһугар ойуур хаһаайыстыбатын салайааччы Павел Киселев эппитинэн, от ыйын 1 күнүгэр биллэриллибит федеральнайдааҕы ЧС эрэһиимэ ойуур баһаарын кытта охсуһууга кыаҕы улаатыннарыаҕа уонна күүһү эбиэҕэ.
Павел Киселев эппитинэн, бүгүн Өлүөхүмэ оройуонугар балаһыанньа ыарахан. Барыта 15 ойуур уота баар, уопсай иэнэ 19 300 гектар.
«Кураанах тыаллаах күн-дьыл ойуур уота тарҕанарыгар сөп түбэһэр. Ойуур баһаарын умуруорууга 500-тэн тахса киһи кыттар», — диэтэ кини.
Ойуур хаһаайыстыбатын көрөөччү, федеральнайдааҕы таһымнаах ЧС эрэсиимэ биллэриллибитэ тыа баһаарын кытта охсуһууга кыаҕы улаатыннарыаҕа уонна күүһү эбиэҕэ.
This post was published on 02.07.2024 11:22 11:22