Өлүөхүмэ куоратыгар баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчынан көмөлөһүөхтэрэ

Өлүөхүмэ куоракка элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ 940 тыһыынча солкуобайы биэриэхтэрэ. Бу туһунан оройуон дьаһалтата иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, баһаар от ыйын 4 түүн Миллер уулуссатын 16 кыбартыыралаах дьиэтигэр буолбута. Икки этээс бүүс-бүтүннүү умайбыта, олохтоохтору барыларын эвакуациялаабыттара.

Резервнэй пуондаттан көрүллүбүт үбү эмсэҕэлээбиттэр тус счеттарыгар түһүөҕэ. Ону сэргэ оройуон дьаһалтатыгар баһаарга эмсэҕэлээбит дьоҥҥо диэн, ыаллыы турар Ленскэй оройуонун дьаһалтата 3 мөл. солк.  туттарбыттарын кэпсээтилэр. Бу харчыны эмиэ тустаах дьоҥҥо тиксэриэхтэрэ.

This post was published on 21.07.2023 17:18 17:18